Уһук Илин уокурукка үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ 1 мөл. солк. төлөбүрү аныыры былааннаатылар. Дьаһал Уһук Илин региоҥҥа оҕо төрөөһүнүн элбэтэр сыаллаах. Бу туһунан Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков «Российская газетаҕа» интервьюга иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Оҕо төрөөһүнүн көҕүлүүр саҥа дьаһаллар тустарынан этэн туран, сорҕото 2022 сылга олоххо киирэрин бэлиэтээтэ.
«2022 сылга сорох дьаһаллар Уһук Илин регион сирдэригэр олоххо киириэхтэрэ. Үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ мөлүйүөнү биэрэргэ этии киллэрэбит. Бастаан ити сүрүн миэрэни Уһук Илин сиригэр-уотугар «пилотнай» бырайыак быһыытынан киллэриэхпит, ситиһиилээхтик аастаҕына, Уһук Илиҥҥэ барытыгар тарҕатыахпыт», — диэтэ Чекунков.
Чуо ханнык регионнар пилотнай бырайыак ахсааныгар киирэллэрин чуолкайдаабата.