«Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагыраама усулуобуйата кэҥээтэ. Уһук Илиҥҥэ биэс сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит педагогтар уонна медиктар тосхолго кыттар буоллулар.
Эрдэ «Уһук Илиҥҥи ипотеканан» туһаналлара:
• 35-гэр диэри саастаах кэргэнниилэр,
• 18-гар диэри саастаах оҕолоох соҕотох төрөппүттэр,
• «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама кыттыылаахтара,
• «Үлэҕэ мобильность» регионнааҕы бырагыраама кыттыылаахтара.
Билигин 2%-наах чэпчэтиилээх ипотеканан дьиэ туттуутугар эбэтэр ылыытыгар Уһук Илиҥҥэ биэс сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит педагогтар уонна медиктар бырагыраамаҕа кыттар буоллулар. Саастарыттан, дьиэ кэргэнин балаһыанньатыттан тутулуга суох.