Быйыл 16-с сылын ыытыллар “Тымныы полюһа-Өймөкөөн” кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ биир сүрүн уратыта – социальнай хайысхалаах.
“Якутия” туризм национальнай хампаанньатын генеральнай дириэктэрэ, “Тымныы полюһугар айан” суолталаах тэрээһин салайааччыта Георгий Куркутов быйыл остуоруйа дойдутун дьоруойдарын бэйэтинэн арыаллыы сылдьар. Урукку сылларга кини туристары кытта айанныыр этэ.
“Якутия” туристическай хампаанньаны өрөспүүбүлүкэтээҕи дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, Николай Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” издательскай кыһа салайааччыта Анжелика Андреева салайар. “Юность Севера” хаһыат уонна “Колокольчик” сурунаал үлэһиттэрэ, “Арктик Леди” уопсастыбаннай пуонда салайааччыта Саргылаана Неустроева бааллар.
“Дьокуускай, Чурапчы, Таатта, Томпо, Өймөкөөн улуустара кыттыылаах туризм кыһыҥҥы бэстибээлигэр 3 тыһ. тахса киһи кыттар. Дьокуускайтан 98 турист айаҥҥа турда. Кинилэр ортолоругар Францияттан, Италияттан, Японияттан, Арассыыйа регионнарыттан туристар бааллар. Үгэс буолбут авторалли күрэхтэһиитигэр кыттаары 9 араас мааркалаах автомобилистар уустук айаҥҥа туруннулар», — диэн кэпсиир Геогрий Куркутов.
Урукку сылларга “Өймөкөөн-Тымныы полюһа” фестивальга Великай Устюгтан Дед Мороз, Лапландияттан Санта Клаус, ону тэҥэ Арассыыйа регионнарыттан Тымныы Кыһын символлара кэлэн кыттар эбит буоллатарына, быйыл Саха сирин остуоруйаларын кыһыҥҥы дьоруойдара бэйэлэрэ эрэ кытталлара ордук кэрэхсэбиллээххэ дылы. Ол курдук, Моруос оҕонньор, Кыһын хотун, Кырыа Кыһын оҕонньор, Сээркээн Сэһэн Чурапчы улууһугар оҕо саадтарын, Тааттаҕа “Эрэл” оҕо реабилитационнай киин иитиллээччилэрин кытта көрүстүлэр, оҕолорго бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар.
Остуоруйа дьоруойдара бу кэмҥэ Томпо Хаандыгатыгар “Солнышко” оҕо сайдыытын, “Колокольчик” сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор реабилитационнай кииннэригэр, “Мишутка” оҕо саадыгар таарыйан, улуус киинин оҕолоругар үөрүүлээх түгэни бэлэхтээн аастылар.
Мантан киэһэ тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө айанныыллар.