Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата 220 мөл.солк. кээмэйдээх үбү-харчыны педагогическай үлэһиттэргэ социальнай өйөбүл быһыытынан ыытыаҕа. Коммунальнай өҥө төлөбүрүгэр толуйуу харчыны тыа сиригэр үлэлиир 16 тыһыынчаттан тахса учуутал ылыаҕа.
«Бырабыыталыстыба мунньаҕар субсидияны муниципальнай оройуоннарынан үллэрдибит. Бу көмөнөн тыа сиригэр уонна куорат тииптээх бөһүөлэктэргэ үлэлиир учууталлар туһаныахтара. Бүгүҥҥү ааҕыынан кинилэр ахсааннара 16667. Учууталлар ыйын аайы 1100 солк. ылыахтара. Судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа маныаха 220 мөл.солк. ананна», — диэн суруналыыстарга үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччы Эдуард Кондратьев эттэ.
Ити үп-харчы коммунальнай өҥөнү төлүүргэ туһуланар. Баар нуормаҕа олоҕуран үп-харчы ааҕыыта оҥоһулунна. Ити түмүгэр ый аайы 1100 солк. бэриллиэҕэ.