30 Алтынньы 30.10
  • -15°
  • $ 97,33
  • 105,44

Тыа сиригэр дьон дьиэтин толору хааччыллыылаах оҥороругар чэпчэтиилээх кредит бэриллиэҕэ

10:00, 14 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыа сиригэр кэтэх дьиэлэри толору хааччыллыылаах оҥорууга кииннэммит ититиигэ холбонууга уустуктар баар буоллахтарына, намыһах ыстаапкалаах кредити биэрии механизымын олоххо киллэрэллэр.

«Алмаасэргиэнбаан» хапытаалын улаатыннарыыга 50 мөл.солк. быйыл көрдүбүт. Ити үп-харчы суотугар баан нэһилиэнньэҕэ намыһах ыстаапкалаах кредити биэрэр бэрээдэгин үөскэттибит. Кредит ыстаапката 7,5–8%», — диэн бырабыыталыстыба чааһыгар ДьКХ миниистирэ Алексей Колодезников эттэ. Бүгүҥҥү туругунан баан тустаах министиэристибэлэри кытта сөбүлэһиилэри түһэрсэр. Ити докумуоҥҥа олоҕуран баан тус сыаллаах бородууктата баар буолуоҕа. Онно дьиэлэри автономнай ититиигэ холбооһун киирэ сылдьар.

«Бырагыраама чэрчитинэн 350 дьиэ толору хааччыллыаҕа. Эһиил ити механизм салгыы үлэлиэҕэ», — диэтэ биэдэмистибэ салайааччыта.

Бүгүҥҥү ааҕыынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 70 тыһ. дьиэ оһоҕунан оттулар. Кэлиҥҥи үс сылга кииннэммит ититиигэ 4439 олорор дьиэ холбонно, электроэниэргийэнэн ититиигэ — 1937. Маныаха аадырыстаммыт көмөнөн 2632 дьиэ кэргэн туһанна. Көмө уопсай суумата 249,34 мөл.солк.

«Тыа сирин олорор фондатын кииннэммит уонна электроэниэргийэнэн ититиигэ  холбооһун үлэтин өссө кэҥэтиэхтээхпит. Ону таһынан кыаммат-хотуммат араҥаҕа көмө инникитин да баар буолуоҕа», — диэтэ миниистир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА