Бу күннэргэ эбэбит мууһа хамсаан, халлаан биллэ тымныйда. Онон Кыайыы бырааһынньыга хаар-ардах аргыстаах буолуоҕа, edersaas.ru суруйар.
Норуот синоптига Тускул маннык кэпсиир:
— Киин улуустарга түүн сөрүүн — 0 кыраадыс. Күнүс уонча кыраадыс сылыйыаҕа. Ыам ыйын 9-10 күннэригэр — хаардаах-ардахтаах. Ыам ыйын 10-11 күннэригэр күүскэ тымныйан ылыаҕа. Түүн -12 кыраадыс тымныы, күнүс -4 кыраадыс тымныы.
Бүлүү эҥэр улуустарга эмиэ хаар уонна ардах. Ыам ыйын 9 күнүгэр эмискэ -10 кыраадыс тымныйыаҕа. Күнүс -3 кыраадыс тымныы буолуоҕа.
Өлүөхүмэ уонна Ленскэй улуустарыгар түүн -5 тымныы. Ыам ыйын 8-9 күннэригэр сылыйыаҕа. +15 кыраадыс, түүн -5 кыраадыс тымныы. Сөҥүү суох.
Кэбээйи, Эдьигээн улуустарыгар халлаан туруга биир тэҥ. Түүн 0 кыраадыс, күнүс +5. Эмиэ хаар уонна ардах.
Өймөкөөҥҥө түүн 5-10 кыраадыс тымныы. Ыам ыйын 13-14 күннэригэр +5 кыраадыс сылыйыаҕа.
Дьааҥыга ыам ыйын 7 күнүттэн +10 кыраадыска тиийэ сылыйда.
Халыма-Индигиир улуустарыгар ыам ыйын 8-9 күннэригэр күнүс +5 кыраадыс буолуоҕа, түүн -3 кыраадыс тымныйыаҕа.