Дьокуускай борокуратуурата тулаайах кыыс сокуонунан көрүллэр кыбартыыратын ыларыгар көмөлөстө. 2001 сыл төрүөх эдэр киһи кыра сааһыгар төрөппүт көрүүтэ суох хаалар, СИА-ҕа биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
2019 сыллаахха кыыс Дьокуускай территориятыгар дьиэҕэ наадыйааччылар учуоттарыгар турар. Ити эрээри сокуон ирдэбилэ кэһиллэн, туһааннаах кэмигэр олорор сиринэн хааччыллыбат.
Быраабы кэһиинэн Дьокуускай куорат борокуратуурата суукка ирдэбил түһэрэр. Докумуоҥҥа тулаайахха толору хааччыллыылаах кыбартыыра биэриитин туһунан суруллар.
Ол эрэ кэннэ кыыска кыбартыыра күлүүһэ туттарыллар, кини дьиэ-уокка бырааба туолар.