Саха сиригэр ыытыллыбыт «Цифровой алмаз» федеральнайдааҕы пуорумҥа 3200-тэн тахса киһи кыттыыны ылла диэн тэрийээччилэр суруйдулар. Манна Россия араас регионнарыттан уонна тас дойдулартан Дьокуускай куоракка мустан, цифровой трансформацияҕа санаа атастастылар, уопуттарын кэпсээтилэр, саҥа көрүүлэрин дьүүллэстилэр, бииргэ үлэлииргэ сүбэстилэр.
Пуорум сүрүн темата дойду регионнарын цифровой трансформация. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.
«Биһиги үһүс пуоруму интэриэһинэйдик оҥордубут. 3200-тэн тахса киһи кыттыыны ылла. Элбэх киһи онлайн кытынна. Саха сиригэр Россия регионнарыттан уонна атын дойдулартан 300 эксперт кэлэн тэрээһиҥҥэ кытынна. Бу сыыппара рекорд, пуорум дьоҥҥо наадалааҕын көрдөрдө. Цифровой сайдыы биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр пуорумҥа үөскээбит бииргэ үлэлээһининэн салҕанан барар. Генеральнай партнербутугар Сберга махталбыт улахан», — диэтэ Айсен Николаев.