Вице-премьер Юрий Трутнев Дьокуускайга IT-паркаҕа сырытта. «Сколково» пуонда стартап-туурун кыттааччыларын кытта көрүстэ.
Трутнев «Восход» венчурнай пуондаттан 178 мөл солк ылбыт эдэр айан таһаарааччылары кытта көрүстэ. Пуонда ааспыт сылга РФ президенин көҕүлээһининэн тэриллибитэ, суруйар yakutia-daily.
«Сайберия» туһунан кэпсэнэр. Искусственнай интеллект көмөтүнэн КТ уонна МРТ анаалыстарын көрөр бырагыраама COVID-19 диагноһын чуолкайдык билэргэ туһалаах.
Бырайыагы быраас уонна программист оҥорбуттар. Иккиэн Дьокуускайга олороллор. Билигин кинилэр айан таһаарбыттарын Уһук Илин, Татарстаан уонна Москва балыыһаларыгар туттан эрэллэр. РФ-тан санкцияттан сылтаан барбыт илиҥҥи систиэмэни солбуйар.
Юрий Трутнев Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ инновацияҕа лидер буолар диэтэ. Кини «Восход» пуонда 10 миллиард солк көрүөн сөбүн эттэ.