Өрөспүүбүлүкэтээҕи кыһыҥҥы «Хаар-айан — Саха сирин кубога» трофи-рейд чемпионата кулун тутар 31 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлүтүгэр буолуоҕа.
Күн иннинэ сүүмэрдиир түһүмэх ыытыллар.
«Сүүмэрдиир түһүмэх «Драг-рейсинг» киэбинэн барар. Түмүккэ бастыҥ 15 экипаһы икки бөлөххө талабыт — «Инжектор» уонна «Карбюратор». Үс түһүмэҕинэн куоталаһаллар — «Экстрим гонки», «Кольцевая гонка», «Супер экстрим гонки». Эбии «Автоледи» түһүмэх баар, манна 10 дьахтар экипаһа кыттар уонна «Любительскай», манна тырааныспар көрүҥүттэн тутулуга суох баҕалаах 10 экипаж киирсиэҕэ», – диэтэ «Хаар айан» кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Барашков.