Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 30 күүстээх спортсмен мустан триатлон көрүҥэр Саха сирин чемпионатыгар күрэхтэстилэр.
Велосипед педалин үчүгэйдик тэбэр, түргэнник сүүрэр уонна харбааһыҥҥа күүстээх илиилээх дьон бу күрэхтэһиигэ кытыннылар, диэн Дьокуускай велокулууба этэр.
Бастакынан эр дьон 400 м ууну харбаан туоруур, 24 км велосипедынан айанныыр уонна 8 км сүүрүүнү ааһар күрэхтэһиигэ илин кэлин-түһүстүлэр. Сытыы киирсии финишка тахсыыга буолла.
Салгыы кэрэ аҥардар уунан 200 м, 16 км велосипедынан уонна 5 км сүүрүүнү аастылар, ветераннар 200 м уунан, 24 км велосипедынан уонна 8 км сүүрүүгэ тургутустулар, оттон юниордар 16 км велосипедтаатылар уонна 5 км сүүрдүлэр.
Саха сирин велоспорка федерациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Андрей Попов эппитинэн, триатлоҥҥа нуорма ууга 400 м, велосипедынан 20 км уонна 5 км сүүрүү. «Триатлон көрүҥүн дьоҥҥо киэҥник тарҕатар сыалтан, сүүрүү дистанцията уһатыллыбыта. Ити спортсменнар күрэхтэһэр усулуобуйаларын тэҥниир сыалтан ылыллыбыта. Тоҕо диэтэххэ, киһи барыта 40 тыһ.солк. үчүгэй велосипеды ылынар кыаҕа суох. Онтон кэлин бу спорт көрүҥэ сайдан киирэн бардаҕына, туох баар ирдэбилгэ тиийиэхпит. Маны сэргэ федерация кэлэр биэс сылга 1,93 км харбааһын, 90 км велосипед уонна 21,1 км сүүрүү диэн трасса оҥорор былааннаах. Спортсменнар таһымнара сылын аайы үрдүүр«, — диэтэ Попов.
Иккис чемпионат кыайыылаахтарынан эр дьоҥҥо Павел Пестряков (1ч 52м 33сөк) бастаата, 2 м. — Александр Маедо (1ч 53м 01сөк), үһүс — Игорь Петров (1ч 59м) буоллулар. Ветераннарга Валерий Кривошапкин (1ч 54м 50сөк) инникилээтэ, 2 м. — Вячеслав Яковлев (2ч 53сөк), үһүскэ — Прокопий Григорьев (2ч 01м 03сөк) таҕыстылар. Саамай кыахтаах кэрэ аҥарынан Светлана Беляева (1ч 32м 12сөк) ааттанна, 2 м. — Надежда Карасева (1ч 35м 50сөк), үсүһү — Ирина Караваева (1ч 54м 12сөк)суруннулар.