26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Томпо улууһугар суол саахалыгар киһи өллө

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Томпо оройуонугар улахан таһаҕас массыыната утары суолга таҕыста, биир киһи өллө диэн СИА-ҕа ГАИ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бэҕэһээ 18:15 450 км «Халыма» тыраассаҕа «ФАВ» уонна «Тойота-Ипсум» массыыналар саахаллара буолла. Ол түмүгэр, 29 саастаах суоппар быһылаан тахсыбыт сиригэр өлбүт, улахан таһаҕас массыына суоппара эмсэҕэлээбэтэх.

Аллараа Бэстээхтэн Чукотскай автономнай уокурукка айаннаан испит улахан таһаҕас массыына суоппара арыгылаан баран суолга тахсыбыта биллибит. Кини этэринэн, арыгыны саахал кэнниттэн испит.

Туох баар биричиинэлэри, быһыыны-майгыны олохтуур туһугар матырыйааллар силиэстийэлиир органнарга бэрилиннилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА