Томпо улууһугар дьон сөбүлээн сынньанар сирэ элбэх: ким эрэ өрүс, үрэх кытылыгар, ким эрэ сайыннары ирбэт муустаах булууска, ким эрэ хатыҥ чараҥ тулалыыр сибэккилээх хонуутугар сылдьарын ордорор. Маннык сирдэргэ айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ сынньанар сирдэри тупсаран оҥороллор.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Якутлесресурс» судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ Томпотооҕу салаатын үлэһиттэрэ (дириэктэр Евгений Степанов) Саһыл нэһилиэгэр Алдан өрүс кытылыгар бэс ыйын 3 күнүгэр биир оннук сынньанар сиргэ остуолу, ыскамыайкалары туруордулар. Сир кырсын түөрэн, уот оттор сир бэлэмнээтилэр. Бөх кутар иһит туруордулар.
Евгений Герасимович кэпсииринэн, бу иннинэ «Хаандыга — Дьабарыкы Хайа» массыына суолугар Илиҥҥи Хаандыга үрэх кытылыгар уонна «Карьер» диэн ааттанар сирдэргэ, Саһыл нэһилиэгин диэки барар суол 4 км сынньанар сирдэри тупсаран оҥорбуттар. «Халыма» массыына федеральнай суолга «Росомаха» диэн үрүйэ баар. Манна бэһис сынньанар сири бэлэмниэхтэрэ. Маны таһынан Томпо оройуонун кыраныыссаларыгар уонна нэһилиэктэр сирдэригэр 20 баннеры туруоруохтара. Бу үлэлэр барыта судаарыстыбаннай сакаас быһыытынан оҥоһуллаллар.
Оройуон олохтоохторо уонна ыалдьыттара кинилэргэ анаан оҥоһуллубут сынньалаҥ сирдэригэр уонна айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтара диэн эрэнэбит, СИА-ҕа анаан суруйда Евдокия Неустроева.



