22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тиксиигэ улуус баһылыга Константин Шахурдин ыттары суох оҥорору ирдиир

11:34, 22 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Булуҥ улууһугар муус устар 1-3 күннэригэр табаһыттар сүлүөттэрэ буолара былааннанар. Нэһилиэктэр кыттаары бэлэмнэнэллэр. Улуус баһылыга Константин Шахурдин сүлүөт кэмигэр ыттар суох буолуохтаахтарын ирдиир.


«Сотору кэминэн нэһилиэктэртэн табаһыттар кэлиэхтэрэ. Ыттарбыт күн түүн элбээтэр элбээн иһэллэр, кэлбит табаларга кутталы үөскэтиэхтэрэ. Онон сөптөөх дьаһаллары ылар кэм кэллэ», — диэн улуус планеркатыгар Тиксии бөһүөлэгин салалтатыгар эттэ.

Сүлүөт Тиксии бухтатыгар буолара бигэргэтилиннэ.  Култуурунай өттүн Дьокуускай куораттан «Туймаада» ансаамбыл кэлэн киэргэтиэ.

Нэһилиэктэр бу улахан тэрээһиҥҥэ кыттаары бэлэмнэнии үгэнэ. Холобур, «Приморскай» МУТ дириэктэрэ Владимир Алексеев олохтоох табаһыттарга дьоҕус сүлүөт тэрийдэ. Бириискэ «Буран», электрогенератор, бензопила туруоран, дьонун көҕүлээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА