Балаҕан ыйын 24 күнүгэр “Кросс нации” дойду үрдүнэн сүүрүү күнэ бэлиэтэннэ. Бу күн Тиксии бөһүөлэгэр чэпчэки атлетикаҕа сүүрүү буолан ааста. Бу тэрээһин физическэй культураны уонна спорту нэһилиэнньэҕэ тарҕатааһын уонна чөл олоҕу тутуһуу быһыытынан тэриллэр.
Сүүрүү трассата эр дьоҥҥо Эйэ болуоссатыттан КСК дьиэтигэр дылы, онтон дьахталларга старт Ленинскэй уулусса 17 нүөмэрдээх дьиэтиттэн саҕаламмыта.
Оскуола оҕолоругар сүүрүү түмүктэрэ: 400 м – уолаттар, 5-7 кылаас үөрэнээччилэрэ: 1 миэстэни Рома Пуглеев ылла, иккис – Данил Варламов, үһүс – Дима Мезенин; 400 м – кыргыттар, 5-7 кылаас: 1 миэстэ – Карина Стручкова, 2 миэстэ – Диана Аленкова, 3 миэстэ – Лена Кузьмина; 1000 м – уолаттар, 8-11 кылаас: 1 миэстэ – Никита Панченко, 2 миэстэ – Игорь Овчиников, 3 миэстэ – Дени Тепсаев; 800 м – кыргыттар, 8-11 кылаас: 1 миэстэ – Влада Рюкина, 2 миэстэ – Клава Алексеева, 3 миэстэ – Люба Васильева.
Улахан дьоҥҥо сүүрүү (18 саастарыттан үөһэ): 800 м – эр дьон: 1 миэстэ – Михаил Кичигин, иккис – Максим Родионов, үһүс – Евгений Масловский; 400 м – дьахталлар: 1 миэстэ – Алевтина Рыжова, 2 миэстэ – Ирина Овчиникова, 3 миэстэ – Юлия Хлестунова.
Тэрилтэ салайааччылара – 400 м: 1 миэстэ – Андрей Хорунжий, иккис – Анатолий Винокуров, үһүс – Христина Птицына.
Маны таһынан бу күн “Маяк Арктика” хаһыат бирииһигэр чэпчэки атлетикаҕа, 2016 сыллаах Комплекснай спартакиадаҕа үлэ коллективтарыгар зачетка киирсэр эстафета буолла. Сүүрүү түмүгүнэн кыайыы Кубогын уонна “Маяк Арктики” хаһыакка сыллааҕы сурутууга 8 сертификаты “Импульс” хамаанда тутта; 2 миэстэҕэ “Фемида” хамаанда таҕыста, кинилэр сыл аҥарыгар хаһыакка сурутууга 8 сертификатын туттулар.
Былырыыҥҥы “Кросс нации” кытары тэҥнээтэххэ бу сылга олохтоохтор уонна ыалдьыттар тэрээһиҥҥэ кыттыылара үрдээбит.