«Өлбөт тыыннаах полк» тэрийээччилэрэ быйыл хаамыы үгэскэ кубулуйбут киэбинэн ыам ыйын 9 күнүгэр ыытыллыаҕа диэн иһитиннэрдилэр, суруйар ТАСС.
«Быйылгы «Өлбөт тыыннаах полк» тэрээһин үгэскэ кубулуйбут киэбинэн барар диэн үөрүүлээх сонуну иһитиннэрэбит. Икки сыл, хомойуох иһин, пандемиянан сибээстээн, Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыбыт дьоммутугар өйдөбүл уурар дьаһалбыт атын киэбинэн ыытыллыбыта. Быйыл бары биир санааҕа түмүллэн бэйэбит чугас дьоммут мэтириэттэрин тутан хаамыыга тахсыахпыт дии саныыбын», — диэтэ хаамыыны тэрийээччи, «Россия өлбөт тыыннаах полката» хамсааһын киин штабын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Макаров.
Регионнарга аахсыйа биир күн, биир бириэмэҕэ ыытыллыаҕа, урукку курдук. Хас биирдии муниципалитет нэһилиэнньэ баҕа санаатын толороругар, тэрээһиҥҥэ кыттарыгар усулуобуйа тэрийэригэр эрэллээхтэрин биллэрдилэр.
Бу күҥҥэ кыттыыга анаан, геройдар мэтириэттэрин МФЦ-га эбэтэр «Россия почтатыгар» босхо бэчээттэтиэххэ сөп.
Информациялары «Бессмертный полк России» сайтка ааҕыахха сөп.