“Нерюнгри-Металлик” кыһыл көмүһү хостуур тэрилтэ өйөбүлүнэн уһуллубут “Тяня: хрупкий мир” киинэ Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска “Социальнай эппиэтинэс уонна тирэхтээх сайдыы” номинацияҕа бастыҥынан ааттанна.
Бу киинэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр түҥ тайҕаҕа сытар эбэҥкилэр олохторун, табаһыттар, Тээнэ национальнай нэһилиэгин уонна манна үлэлиир “Нерюнгри-Металлик” сыһыаннаһыыларын туһунан кэпсиир.
Бу киинэни устар туһугар бүтүн экспедиция тэриллибитэ. Устар бөлөх үстэ самолетунан көппүтэ, тоҕус чаас внедорожникка сахсыллыбыта, онтон салгыы вертолетунан көппүттэрэ, сороҕор бураны туһаммыттара.
— Биһиги Тээнэҕэ түөрт күн устубуппут. Ити түмүгэр хоту дойду норуотун – эбэҥкилэр тыйыс эрээри, кэрэ ис хоһоонноох олохторун туһунан чаҕылхай киинэни уһуллубут, — диэн киинэ продюсера Иван Томских бэлиэтээтэ.
https://youtu.be/kfRpxs_dg0U
Бу киинэ биисинэс аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарга социальнай эппиэтинэстээх буолуутун көрдөрөр.