“Якутзолото” холбоһук төрүттээччитэ Тарас Десяткин төрөөбүтэ 90 сылыгар өйдөбүнньүк дуосканы ыйаатылар.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Михаил Осипов Тарас Десяткин уонна кини үлэтин туһунан истиҥник аҕынна.
“Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыыта бырамыысыланнас сайдыытыгар олоҕурар. Оттон бу бөдөҥ треһи Тарас Десяткин тэрийбитэ. Кини салайбыт 20 сылыгар 670 тонна кыһыл көмүс хостоммута”, — диэтэ Михаил Осипов.
“Якутзолото” салайааччытын туһунан кыһыл көмүс бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ Владимир Кычкин аҕынна: “Тарас Десяткин – кыһыл көмүс бырамыысыланнаһын тэрийбит улуу киһи”.
Кини 70 тыһыынча киһи үлэлээбит хампаанньатын салайбыта.”
Маны сэргэ Тарас Десяткин аата Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас техникумугар иҥэрилиннэ.
Вероника Аммосова, ааптар түһэриитэ.