30 Алтынньы 30.10
  • -18°
  • $ 97,33
  • 105,44

Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ. Саскылана уонна Эдуард Жирковтар дойдуларыгар кэнсиэр көрдөрдүлэр

18:06, 30 октября
Текст:
Хаартыска: Вера Черноградская
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн уонна Чурапчы улууһугар “Ыал саргыта” сылын чэрчитинэн Сергей Зверев — Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын үҥкүүһүттэрэ — балет артыыстара Саскылана уонна Эдуард Жирковтар, тыйаатыр артыыстара кыттыылаах  “Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ” улахан кэнсиэр төрөөбүт дойдуларыгар Чурапчыга, Хоптоҕоҕо, Одьулууҥҥа, Мугудайга уонна Алаҕарга өрө көтөҕүллэн, үөрүүлээх быһыыга майгыга көрдөрдүлэр. Киһи бэйэтин төрөөбүт түөлбэтигэр, дьиэ кэргэнин, аймах билэ дьонун, кылааһынньыктарын, доҕотторун-атастарын иннигэр үҥкүүлүүр, ыллыыр-туойар эппиэтинэстээҕин, долгутуулааҕын билэр бөҕө буоллахтара.

Улахан кэнсиэр үҥкүүһүттэр Саскылана уонна Эдуард тустарынан видеоролик көстүүтүнэн саҕаланар. Бу  киинэҕэ  үҥкүүһүт күннээҕи идэтин, репетицияттан, кэнсиэрдэртэн быһа тардыылары, дьоруойдар хайдах билсибиттэрин, кинилэр тапталларын, тус олохторун көрдөрөр.

Бу күннэргэ тыйаатырга тохтобула суох көрөөччүлэр махтанан ыытар хайҕабыллаах этиилэрэ кэлэ тураллар. Олортон билиһиннэрэбин:

Төрөппүттэрэ, аймах-билэ дьоно: “Бэйэбит оҕолоробут Саскылана уонна Эдуард Жирковтар “Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ» айар киэһэлэригэр сылдьан наһаа дуоһуйдубут. Эчи үҥкүүһүттэр хамсаналлара имигэһин. Тэҥнэрин, ис дууһаларын ууран туран үҥкүүлүүллэр. Төһө да ыарахан хамсаныы оҥордоллор, биирдэ да сылайбыттарын биллэрбэккэ үөрэ-көтө мичилийэ сылдьаллар.  Бу ыстаналлара үрдүгүн, чэпчэкитин, олох түү курдуктар. Саскыланалаах Эдуард өссө да айар дьоҕурдара арыллан, аартыктара аһылла турдун, үгүс үҥкүү айыллан тахсан дьон биһирэбилин, билиниитин ыла турдуннар. Кэнсиэри киэргэппит ырыаһыкка Александр Кармановка эмиэ үтүө тыллары аныыбыт. Бэртээхэй куоластаах оҕо бэйэтин суолун булунан, репертуарын ураты суоллаатын-иистээтин, дорҕоонноох ырыата-тойуга сүрэхтэри ууллардын. Хомусчут, ырыаһыт Василена Шарина-Улан эчи кэрэтин, кыраһыабайын. Хомуһа этигэнэ иччилээҕэ букатын атын эйгэҕэ тириэртэ. Кырыымпаһыт Дьулустаан Никифоров  оһуобай. Кини олох хайа баҕарар матыыбы таһааран, муусукатын сөп түбэһиннэрэр кыахтаах. Көрөөччүлэри букатын көтүттэ. Үҥкүүһүттэри этэр буоллахха кыргыттар үҥкүүлүүллэрин уруккуттан көрөн астынарбыт. Онтон уолаттар сүрдээх илбиһирэн  хамсанан, хаһыытаан, чэпчэки баҕайытык ыстаналларын көрө-көрө сөхтүбүт. Онон идэтийбит үҥкүүһүттэргэ барыларыгар үҥкүүнү таҥара оҥостон сылдьар оҕолорбутугар  сатабалы, күүһү-уоҕу, сайдыыны баҕарабыт.

Мария Кузьмина: “Бука бары наһаа талааннаах үҥкүүһүттэр. Эдуардаах Саскылана Чурапчыттан төрүттээх оҕолор дойдуларыгар биир идэлээхтэрин кытта кэлэн бэйэлэрин айар кэнсиэртэрин көрдөрбүттэрэ эчи үчүгэйиэн! Кэнсиэри иилээн саҕалаан ыыппыт Василеналаах Александр дэгиттэр талааннаахтар. Уопсайынан, бары нүөмэрдэр наһаа үрдүк таһымнаахтар”.

Тотонова Е.Н.: “Олус кэрэ кэнсиэри көрдүбүт. Үҥкүүһүттэр кырасыабайдарын, быһыылара-таһаалара, тутталлара-хамсаналлара, сирэйдэрин-харахтарын оҥоһуута. Василена Шаринаны эмиэ астынныбыт аҕай. Эмиэ да хомуска дорҕоон таһаарар, эмиэ да ыллыыр. Ырыаһыт Александр Карманов кэрэ куоластаах, турукка киирэн туран ыллыыр. Дьулустаан Никифоров кыл кырыымпа дорҕоон таһааран оонньуурун киһи куйахатын уонна дууһатын таарыйарын үлүһүйэн туран иһиттибит.  Саамай үөрбүтүм диэн көрөөччү толору мустубут. Эдэрдэр да саастаах дьон тоҕуоруһа мустубута киһини олуһун үөрдэр”.

Дария Маркова: “Наһаа үчүгэй, үрдүк таһымнаах кэнсиэркэ сырыттым. Муусукалара аҥардас истэргэ үчүгэйин. Саскыланалаах Эдуард олох таһыччы астыктар.  Үҥкүүһүт оҕолор эчи кэрэлэрин, нарыннарын, олох көтө-дайа сылдьаллар. Ооо, хотугулуу үҥкүүлэрин олох илэ көрөн наһаа да дуоһуйдум уонна астынным. Василена Шаринаны уруккуттан сэҥээрэбин, сүгүрүйэбин. Олох тубустар тупсан иһэр. Ырыаһыт Александр Карманов куолаһа мааны. Кини Алексей уонна Екатерина Егоровтар репертуардарыттан ыллаабытыгар ийэлээх убайбын санаан уйадыйан ыллым. Кыл кылыһахха Дьулустаан Никифоров толорор импровизациятын саҥа илэ иһиттим. Ооо, киһи барахсан дууһатын таарыйыан таарыйда».

Чугас дьонноро: “Сүрдээх да үчүгэй кэнсиэр. Олох биир тыынынан. Балтараа чааспытын билбэккэ хааллым. Хас биирдии үҥкүү киһини атын эйгэҕэ киллэрэр. Үҥкүү ис хоһоонун отой киинэ курдук көрө олордум. Саскыланалаах Эдуард дьиэ кэргэн олоххо да үлэлэригэр да биир өйдөөх, санаалаах бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннара үҥкүүгэ кытта көстөр. Тоҕо үҥкүүһүт буолбатаҕым буолла диэн санаалаах астынан-дуоһуйан, күннээҕи түбүктэн сынньанан, арахсан кэнсиэртэн намыыннык түһэ турар хаары көрө сырдык уулуссанан дьиэлээтибит”.

Биир дойдулаахтара: “Кэнсиэр энергетикатыттан күүс-уох ыллыбыт. Эчи үҥкүүһүттэр барахсаттар эдэрдэрин, имигэстэрин, Жирковтары дьэ илэ ууран олорон көрдүбүт. Наһаа астык. Хамсаныылара күүстээҕэ, супту бары биир киһи курдук тутталлара наһаа үчүгэй. Сахалыы тыыннаах. Талааннаах оҕолор кэнсиэркэ кытыннылар. Киһи  тохтообокко көрүөх курдук.  Куоракка сатаан киирбэт дьоннор наһаа астынныбыт. Букатын тыйаатырга сылдьыбыт курдук сананныбыт. Кэнсиэр ыытыы формата  атын, ол эмиэ сонун. Итинник тыабыт дьонун-сэргэтин сэргэхситэр Үҥкүү тыйаатырын  үҥкүүһүттэрин күүтэ хааллыбыт”.

“Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ” Саскылана уонна Эдуард Жирковтар бастакы айар киэһэлэрэ бу дьыл кулун тутар ыйыгар “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр толору сааланы муспута. Эдэркээн үҥкүүһүттэр ол бырагырааммаларын аны дойдуларыгар Чурапчы улууһугар көрдөрдүлэр. Инньэ гынан аны билигин кинилэр атын улуустарга айаннаан, киэн сиринэн тэлэһийэ Үҥкүү тыйаатырын айар куттаах артыыстарын кытары гостуруоллуохтара. Үҥкүү абылаҥар ылларбыт Саскылана уонна Эдуард Жирковтар ыра санаалара туолан, бастакы-иккис сыалларын ситиспиттэриттэн үөрүүлэрэ муҥура суох. Инникитин кинилэргэ баҕарабыт үгүс алгыстаах гостуруоллары, дьон сүрүн долгутар, үөрдэр, соһутар сонун туруоруулары,  дьэрэкээн элбэх үҥкүүлэри, дириҥ ис хоһоонноох оруоллары, уобарастары, тус олохторугар дьолу-саргыны!

Ааптар: Вера Черноградская

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА