Сэтинньи 11 күнэ – саха чулуута, бөдөҥ общественнай-политическай деятель, Саха Автономнай Өрөспүүбүлүкэтин бастакы салайааччыта, суруйааччы, учуонай Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 129 сылын туолла. Бу бэлиэ күн кини төрөөбүт түөлбэтигэр кырдьаҕас Чөркөөххө, күн сирин көрбүт Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар общественность мустан кэриэстээн аастылар.
Ол курдук кини аатын сүгэр оскуолаҕа бу сыл сэтинньи 11 күнүттэн кэлэр сыл сэтинньи 11 күнүгэр диэри Былатыан Ойуунускай сыла үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Быйыл Саха сирин Автономията 100 сылыгар анаан оскуола «Кинилэр Өрөспүүбүлүкэ саргытын түстээбиттэрэ» диэн Судаарыстыбаннас музейа кыттыылаах анал бырайыагы үлэлэтэн (бырайыак автора Э.Х.Кашкина) биллиилээх дьоммут ааттарын үйэтитиигэ үгүс үлэни ыыттылар. Бу бырайыакка Максим Аммосов аатын сүгэр Нам улууһун Хатырыгын, Исидор Барахов аатынан Үөһээ Бүлүү 1№-дээх оскуолалара, кинилэр ааттарынан Судаарыстыбаннас музейдара кыттыылаах ыытылынна. Онон сүүрбэһис үйэ саха чулуу уолаттарын сардаҥалаах үлэлэрэ өрөспүүбүлүкэ сүүс сыллаах үбүлүөйүгэр саҥа үйэ үүнэр көлүөнэтинэн үөрэтиллэр.
Үтүө үгэс быһыытынан Чөркөөхтөөҕү политсыылка (сэбиэдиссэй Н.Е.Попов), Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас (сэбиэдиссэй М.Г.Аржаков) музейдарын үлэһиттэрэ Муҥха Дэлбэрийбиккэ тахсан саха чулуу уола төрөөбүт балаҕанын аал уотун тигинэччи оттон, хаарын ыраастан кини аатын ааттаан кэлэр ыалдьыттары итии чэйдээх көрүстүлэр.
Улуус кииниттэн Ытык Күөлтэн улуустааҕы депутаттар сэбиэттэрин мунньаҕын председателэ В.А.Охотин, улуус общественнай сэбиэтин председателэ П.И.Христофорова, Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов уо.д.а. кэллилэр. Ыалдьыттар Былатыан Ойуунускай үөрэммит оскуолатыгар, мэҥэ өйдөбүнньүгэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууран, Улуу биир дойдулаахтарын кэриэстээтилэр, итии истиҥ эҕэрдэ тыллары эттилэр. Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ, Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар Таатта эбэни туоруурга норуот депутата, биллиилээх спортсмен, олимпиец, салайааччы Виктор Лебедев тимир муоста туттаран үйэлээх бэлэҕи оҥордо. Онон дьыл хайа баҕарар кэмигэр Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар, олоххо куттала суох, кыраачаан көрөөччүлэртэн саҕалаан үгүс ыалдьыттар Ойуунускай бэйэтэ эппитинии «күөх туйгун сирэми» үөрэ-көтө кэлэн көрөр суоллара тыргылынна.
Бу курдук норуот уола Былатыан Ойуунускай төрөөбүт күнэ киинэ түспүт сиригэр бэлиэтэннэ.
Ааптар: Светлана Халгаева.
Хаартыскаларга: Былатыан Ойуунускай төрөөбүт Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар общественность; төрөөбүт балаҕаныгар көмүлүөк тула ыалдьыттар истиҥ сэһэргэһиилэрэ; Таатта эбэни туоруур саҥа муоста; Чөркөөх орто оскуолатыгар «Ойуунускай сыла» аһыллыытын үөрүүлээх линейката.