22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Түөкүн угаайытыгар киирэн биэримэ!

14:30, 28 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олохпут тэтимнээхтик сайдан, бөрөстүүпүнньүктэр араас албаһы, ньыманы туттан, өс киирбэх дьону албынныыллара күннэтэ тахса турар. Полиция сонуннары киэҥник тарҕатар уонна социальнай ситимнэринэн өйдөтө-сэрэтэ сатыыр да, дьоҥҥо итэҕэйимтиэ киһи түөкүттэр угаайыларыгар син биир киирэн биэрэ турар. Онон, бүгүҥҥү ыстатыйам өссө төгүл ону сэрэтиигэ ананна.


Өрөспүүбүлүкэҕэ быһыы-майгы

СӨ Ис дьыалаҕа министиэ­ристибэтин пресс-сулууспата биһиги хаһыаппытыгар анаан иһитиннэрбитинэн, бу сыл саҕаланыаҕыттан түөкүннээһин чахчытынан номнуо 81 холуобунай дьыала тэриллибит. Бу чахчылар бары суотабай сибээс уонна интэриниэт “көмөтүнэн” оҥоһуллубуттар.

Ол курдук, Дьокуускайга – 51 чахчы, Нерюнгрига – 9, Мииринэйгэ – 6, Ньурбаҕа — 3, Ленскэйгэ — 3, Хаҥаласка – 2 уонна Алдаҥҥа — 2.

Буруй бу көрүҥэр саамай тарҕаммыт ньыманан элбэх биллэриилээх ин­­тэриниэт-саайтары уонна социальнай ситимнэри туһаныы буолар. Холобура, “Авито”, “Юла”, “Инстаграм”, “Якт.ру”, “Одноклассники”, “Друг вокруг”, “ВКонтакте”, интэриниэт-маҕаһыыннар уо.д.а.

Биллэриилэр ис хоһооннорун ырыттахха, сүрүннээн, үбү-харчыны иэс биэриигэ, кирэдьиити ылыыга көмөлөһүүгэ, атыыга-тутууга, дьиэ куортамнааһыныгар сыһыаннаахтар.

Полиция бэлиэтииринэн, дьиэни атыылаһыы уонна атыылааһын, куортамҥа ылыы уонна биэрии дьыалаларыгар эмсэҕэлээччинэн атыылааччы да, атыылаһааччы да, куортамҥа биэрээччи да, ылааччы да буолуохтарын сөп.

Оттон суотабай төлөпүөнүнэн албынныылларыгар, түөкүттэр баһы­йар үксүгэр интэриниэт-брокер, суотабай сибээс оператора биитэр баан үлэһитэ буолан кубулуналлар. Билигин даҕаны саамай тарҕаммыт көрүҥүнэн чугас аймах туох эрэ иэдээҥҥэ биитэр улахан кыһалҕаҕа түбэспитин, ону быһаарарга көмөлөһүүгэ суһаллык харчы наадатын туһунан иһитиннэриилэр буолаллар.

Маныаха түөкүн угаайытыгар киирэн биэрбит киһи харчытын банкоматынан, “мобильнай баан», “Сбербанк онлайн”, “Киви кошелек”, “Яндекс деньги” нөҥүө биитэр баан каартатыттан саайтка ыытар.

Дьиҥ олохтон

Атыттарга үөрэх буоллун диэн, былырыын уонна быйыл буолбут түбэлтэлэртэн хас да холобуру аҕалабын. Бэлиэтээн эттэххэ, бу чахчыларынан холуобунай дьыалалар тэриллэн силиэстийэлэнэ сылдьаллар.

  • Дьокуускай куорат полициятыгар биир оннук түөкүн сиэртибэтэ буолбут дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Бу дьахтар социальнай ситимнэргэ «улууска таһаҕас ыытыам этэ» диэн биллэрии таһаарбыт. Онуоха киниэхэ биир дьахтар сибээскэ тахсан, «мин оруобуна ол улууска бу барыахтаахпын, манньаҕа таһаҕаскын таарыччы илдьэн биэрэбин» диэн эрэннэрбит.

Таһаҕаһын кыайан ыыппакка сылдьыбыт дьахтар онуоха үөрэн, ол «үтүө санаалаах» дьахтарга ыытыахтаах малын-салын илдьэн биэрбит. Ол эрээри, ыыппыт таһаҕаһа аадырыһыгар тиийбэтэх, оттон ил­­дьиэм диэн эрэннэрбит түөтэ төлөпүөнүн арааран, сүтэн хаалбыт. Дьахтар, дьэ, онно эрэ өйдөөбүт, албыҥҥа киирэн биэрэн, отоойкоҕо олорбутун. Эмсэҕэлээччи 51 тыһ. солк. хоромньуламмыт.

Үөһээ Халыматтан төрүттээх 22 саастаах буруйданааччы кыыс ити схеманан дьону албынныырга идэтийбит эбит: таһаҕас ыытыан баҕалаах дьону биллэриилэринэн булан, малларын тиэрдиэх буолан харчыларын эрдэ ылан баран, сүтэн хаалар эбит.

  • Витим бөһүөлэгэ. Сэттэ уонус хаарын уулларбыт кырдьаҕас киһи дьоҥҥо итэҕэйимтиэтиттэн 150 тыһ. солк. уордарбытын туһунан полицияҕа бэйэтэ тыллаабыт. Онно биллибитинэн, бу Витим бөһүөлэгин ­олохтооҕун дьиэтээҕи төлөпүөнүгэр биир киһи эрийэн, кини сиэнэ буолан кубулунан кэпсэппит. Суол быһылааныгар түбэстим, харчы наада диэбит. Уонна төлөпүөн туруупкатын «силиэдэбэтэлгэ» биэрбитэ буолбут, анараата кырдьык-хордьук «сиэниҥ киһини тэбистэрдэ, дьыаланы сабарга 150 тыһ. солк. харчыны каартаҕа ыыт» диэбит.

Эмээхсин иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, сиэнин быыһыы охсоору, көрдөөбүт харчыларын ыыппыт уонна чиэгин быраҕан кэбиспит. «Саатар куолаһа үкчү сиэним курдук этэ» диэхтээбит кини, полицияҕа кэпсииригэр. Бааҥҥа аймаҕын көрсөн, туох буолбутун кэпсээбит. Онуоха аймаҕа кинини полицияҕа тыллыырга уонна сиэнигэр эрийэ сылдьарыгар сүбэлээбит. Биллэн турар, сиэнэ туохха да түбэспэтэх, барыта этэҥҥэ.

  • Удачнай куоракка олорор дьахтарга «бөдөҥ коммерческай баан үлэһитэбин» диэн биир киһи эрийэн, дьахтар каартатын түөкүттэр «алдьата» сатаабыттарын, ол иһин каартаны блокируйдаабыттарын туһунан эппит. Ол блокировканы «устар» наадаттан, каартатын нүөмэрин, эпэрээссийэни толорор коду (төлөпүөнүнэн смс-иһитиннэрии кэллэҕинэ) этэригэр көрдөспүт. Дьахтар «баан үлэһитэ» тугу эппитин барытын толорбутун кэнниттэн, счетуттан 200 тыһ. солк. тахса сууманы устубуттар.

Итинник схеманан Чернышевскай бөһүөлэгин олохтооҕуттан 21.800 солк., оттон Мииринэй олохтооҕуттан – 37 тыһ.солк. ылбыттар.

Мииринэй куорат өссө биир олохтооҕо, 58 саастаах дьахтар, полицияҕа тыллаабытынан, кини баанын каартатыттан 30 тыһ.солк. тахса сууманы албыннаан ылбыттар. Эмиэ биир эдэр киһи «баан үлэһитэбин» диэн эрийэн отоойкоҕо олордубут.

Өс киирбэхпит, дьэ, сүрдээх! Хаһан да харахтаабатах киһибитигэр итэҕэйэ охсон, өссө илэ кэпсэппэккэ, көннөрү суруйсан эрэ баран, бэйэлээх бэйэбит харчыбытын ыыта олорорбут баар ээ! Биллэн турар, уонна ытыспытын соттон хаалабыт.

Ис дьыала уорганнарыгар биир күн иһигэр батсаабынан харчыга албыннатыы туһунан үс сайабылыанньа киирбит: икки — Ньурбаҕа, биир — Ленскэйгэ. Эмсэҕэлээччилэр үһүөн — дьахталлар.

Бастакы икки түбэлтэ: Ньурба улууһун Антоновка сэ­­лиэнньэтин 28 саастаах олохтооҕо уонна Чаппанда сэлиэн­ньэтин 39 саастаах олохтооҕо батсаап биир бөлөҕөр удамыр сыанаҕа уотурба атыыланарын туһунан аахпыттар. Уонна «атыылыыр» киһини кытта суруйсубуттар. «Атыылааччы» биирдэстэригэр, бэл диэтэр, бородууксуйатын сэртипикээтин хаартыскаларын ыытан көрдөрбүт. Ол ордук итэҕэппит.

Дьахтар кэлин полицейскайдарга билиммитинэн, син ханан эрэ саарбахтыыр санаалар киирэ сылдьыбыттарын, киэр кыйдаабыт. Оттон «предприниматель» батсаабынан кырдьык-хордьук «массыына Аллараа Бэстээхтэн бараары турар», «харчыны түргэнник ыыт» диэн суруйа олорбут. Кини тугу этэрин барытын толорон, биир дьахтар мобильнай баан нөҥүө киниэхэ 13 тыһ. солк., оттон иккиһэ «QIWI-кошелек» нөҥүө 21 тыһ. солк. кэриҥэ харчыны ыыппыттар.

Харчыларын төлөөн баран, нэдиэлэттэн ордук кэм кэ­­тэспиттэр да, уотурбалара соннук кэлбэтэх. Маннык түбэл­тэлэргэ буоларын курдук, «атыылааччы» ону араас сылтаҕынан быһаара олорбут — «массыына Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн алдьанна», «саппаас чаастарын өр күүтүөххэ наада», «суоппар Аллараа Бэстээххэ төнүннэ». Кэлин тиһэҕэр, олох да хоруйдаабат, суруйбат буолбут, онтон төлөпүөнүн арааран кэбиспит.

Үһүс түбэлтэ: Ленскэй 28 саастаах олохтооҕо «Юла» диэн биллэрии биэрэр сайтарыгар үчүгэй боруода ыты атыылыылларын туһунан аахпыт. «Атыылааччыны» кытта эмиэ батсаабынан сибээстэспит. Сотору киниэхэ 17 тыһ. солк. ыыппыт. Ытын соннук көрбөтөх.

Бу маннык чахчылары төһө баҕарар салгыы кэпсиэххэ сөп – өс киирбэх дьон оннук элбэх.

Полиция сэрэтэр

  • Өскөтүн ким эрэ итинник эрийэн дуу, смс-иһитиннэрии ыытан дуу, чугас киһиҥ дьыалаҕа түбэспитин, ол онтон быыһыырга харчы наадатын туһунан эттэҕинэ: бастатан туран, ол чугас киһигэр эрийэн, кини ханна баарын билиэхтээххин.
  • Өскөтүн төлөпүөнүн ылбат буоллаҕына, ол эрийбит киһиттэн аймаҕын полиция ханнык отделыгар илдьибиттэрин ыйытан баран, ол отдел дьуһуурунай чааһыгар эрийэн, оннук ааттаах киһини итиннэ аҕалбыттарын-суоҕун, ким ол дьыаланан дьарыктанарын бил. Ону тэҥэ, чугас киһиҥ ханна баарын билиэн сөптөөх дьоҥҥо (доҕотторугар, аймахтаргытыгар, бииргэ үлэлиир дьонугар) эрийэн, эмиэ ыйыталас.
  • Өскөтүн суотабай төлөпүөҥҥэр “бу счекка харчыта ыыт” диэн билэр киһиҥ аатыттан смс-иһитиннэрии кэллэҕинэ, ол нүөмэргэ эрийимэ, эрийдиҥ эрэ счеккуттан харчыгын устуохтара. Итинник смс-иһитиннэриилэр үксүгэр атын регионнартан кэлэллэринэн, нүөмэр кодун болҕойон көр.
  • Өскөтүн төлөпүөҥҥэр эн нүөмэргин спам-тарҕатыыттан көмүскүүр эбэтэр суотабай оператор ыытар акциятыгар кытын диэн этиилээх смс-иһитиннэрии кэллэҕинэ, итэҕэйимэ – ыйбыт ссылкаларын баттаан, ити “босхо” көмө иһин 100-150 солк. сүтэриэҥ, оттон спам-тарҕатыы син биир кэлэ туруо.
  • Өскөтүн “суотабай оператортан эрийэбит, счеккун толороргор бааныҥ каартатын пин-кода наада” диэ­тэхтэринэ, олох итэҕэйимэ, киирэн биэримэ!

Сэрэххитин сүтэримэҥ, болҕомтолоох буолуҥ! Итинниккэ түбэстэххитинэ, полицияҕа тыллааҥ!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар