Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгэр «Саха ыччатын — тыа сиригэр-2016» бырайыак үлэтин саҕалаата. Хамаандалар сүрүн бириис – 70 тыһ. солк- иһин илин-кэлин түсүһэ сылдьаллар.
Өрөспүүбүлүкэбит көхтөөх ыччата үс күн устата Абаҕа сиригэр-уотугар бэйэлэрин кыахтарын-уохтарын тургутан көрүөхтэрэ.
“Саха ыччатын – тыа сиригэр” күрэхтэһии бастакы түһүмэҕинэн солууру оргутуу буолла. Манна хамаанда аайыттан иккилии уол кыттар. Өрүстэн уу баһа охсон, кутаа оттон, иһиттээх ууларын оргута охсуохтаахтар. Балаһыанньа быһыытынан манна испиискэ, сүгэ, быһах уонна хайытыллыбатах чуукка мастар эрэ бэриллэллэр. Кумааҕы, эбии оттук көҥүллэммэт.
Бастакынан дойдулаах дьон – Амма абаҕалара 14 мүн. 22 сөк. бириэмэҕэ чэйдэрин оргутан, кыайыылаах таҕыстылар. Иккис миэстэни былырыыҥҥы “СЫТС” кыайыылаахтара Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгин эр бэртэрэ ыллылар. Оттон үһүс миэстэни тилэх баттаһа Дьаам сайылык ыччата, Строд аатынан кээпэрэтиип эдэр үлэһиттэрэ ыллылар.
Бастакы күн түмүгүнэн аммалар иннилэрин кимнээххэ даҕаны биэрбэтилэр. Манна, дьэ, ким туох ньымалааҕынан, дьикти албастааҕынан, сатыырынан кутаа уматтылар. Маһы өрөһөлүү, ампаардыы ууран, солууру маһынан хаппахтаан – урут хатыламматах албастары көрдөрдүлэр.
«Бу күрэхтэһиигэ бастакыбытын кыттабыт. Балаһыанньаны ааҕан, үөрэтэн баран, аймахтар буолан кыттарга сананныбыт. “Солуур-шоу” түһүмэххэ уолаттарбыт бастакы буоллулар, онтон биһиги олус үөрдүбүт. Маннык хабааннаах күрэхтэһии ыччаты түмэр, өбүгэлэрбит үгэстэрин тарҕатыыга холобур буолар үтүө тэрээһин», — диэн Амма Абаҕатын «Дьөгүөссэ сиэннэрэ» хамаанда хапытаана Ксения Неустроева санаатын үллэстэр.