От ыйын 21 күнүгэр Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгин Иван Строд аатынан кээпэрэтиибин сиригэр-уотугар бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха ыччатын – тыа сиригэр” илиинэн үлэ күрэхтэһиитэ саҕаланна.
Кээпэрэтиип Абаҕа нэһилиэгиттэн уонча биэрэстэ тэйиччи «Дьаам» диэн сайылыкка баар. Күрэхтэһэ кэлбит ыччат манна түһүлгэ тэрийдэ.
Быйылгы күрэхтэһиигэ биэс улуус уонна икки уопсастыбаннай тэриллии, уопсайа тоҕус хамаанда кыттар. Горнайтан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн уонна Тыа хаһаайыстыбатын академиятыттан сүүсчэ ыччат муһунна.
Күрэхтэһии бастакы күнүгэр ыччат түһүлгэтин тэринии, хомунуу, үлэлиир тэрили бэрийии уонна Абаҕа нэһилиэгин ытык кырдьаҕастарын сүбэлэрин-амаларын истии буолла.
Дмитрий Адамов Абаҕа сопхуоһугар 15 сыл үлэлээбит. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор даҕаны «Илгэ» ТХПК икки ферматыгар, бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбаларга сиэмэһитинэн үлэлиир. Ыччакка сарсыҥҥы тыҥааһыннаах күннэригэр эрэллээхтик тутталларыгар-хапталларыгар сүбэлээтэ.
Оттон оҕо сааһа сэрии сут кэмнэригэр ааспыт, тыа үлэтин иһин-таһын барытын этинэн-хаанынан билбит 83 саастаах Валерий Скрябин эдэрдэр көхтөрүн көрөн, бэйэтэ эдэр сааһын санаабытын эттэ. «Билигин ыччат үксэ куоракка талаһар, оттон эһиги манна тыа үлэтиттэн куттаммакка кэлбиккит олус үчүгэй. Тыа сирэ — үтүө дойду, үлэлиэххэ эрэ наада. Киһи үлэттэн дьоллонор. Сарсыҥҥы күрэхтэһиигитигэр барыгытыгар ситиһиини баҕарабын», — диэн бэйэтин алгыһын анаата.