Саха сиригэр сылгыны үөрдээн иитиигэ 2023 сылга 569 мөл солк көрүллэр. Ол туһунан Амма улууһугар туһааннаах мунньахха этилиннэ.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов эппитинэн, быйыл сылгы иитиитигэр үбүлээһини улаатыннарыыга эбии өйүүр миэрэлэр ылылыннылар.
Бу салаа бары улуустарга сайдар, 1800 сылгыһыт үлэлиир.
Төбө ахсаанын 187 тыһ диэри улаатыннарар сорук баар, 2022 сылга — 182,1 төбө ааҕыллара. 2017 сылтан 16 оройуоҥҥа 277 сылгы базата тутулунна.
Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ бэлиэтээбитинэн, тыа сирин олохтоохторун дохуоттарын улаатыннарыыга, олохторун хаачыстыбатын тупсарыыга, бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылары өйөөһүҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бэлиитикэтэ туһаайыллар.
2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйүүргэ бюджеттан 14,2 млрд солк көрүлүннэ.