Дьокуускайга Марха микрооройуонугар сабыылаах каток уонна бассейннаах спортивнай комплекс тутуута барар. Үлэ түмүктэнэрэ чугаһаата. Эбийиэк 2022 сыл бүтүөр диэри аһыллыаҕа. Бу туһунан СИА-ҕа Саха сиринээҕи Госстройжилнадзор пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Каток биир сменаҕа 120 киһини киллэрэр кыахтаах, буолара былааннанар. «Маннык улахан эбийиэк туох да сэмэтэ суох тутуллара кыаллыбата өйдөнөр, бүгүн биһиги тутааччыларга туох итэҕэс баарын эттибит. Ол эрээри, этиллибит итэҕэстэр критичнэйдэрэ суох. Эбийиэги үлэҕэ киллэрэр болдьох туруорулунна», — диэн Саха сиринээҕи госстройжилнадзор управлениетын салайааччытын бастакы солбуйааччы Владимир Пермяков бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, Мархаҕа спортивнай комплекс «Газпром-оҕолорго» бырагырааманан тутуллар. Сэтинньи саҥатыгар маннык курдук комплекстар Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр уонна Алдаҥҥа аһыллыбыта.