8 Балаҕан ыйа 08.09
  • $ 89,82
  • 99,72

СВО кыттыылаахтарын уонна чугас дьонун үлэнэн хааччыйаллар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр СВО кыттыылааҕа уонна кини чугас киһитэ үлэнэн хааччыллалларыгар күүстээх болҕомто ууруллар. Тустаахтар саҥа идэҕэ үөрэниэхтэрин эмиэ сөп. Ол туһунан дьарыктаах буолуу киинин дириэктэрэ Николай Иванов эттэ, суруйар ЯСИА.

«Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар сулууспа анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кини чугас дьоно үлэнэн хааччылларыгар, үөрэнэригэр болҕомто уурар. «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуондаҕа суһал консультация биэрэр исписэлиис баар», —диэтэ Николай Иванов.

Директор бэлиэтээбитинэн, консультацияны 122 нүөмэргэ эрийэн эмиэ ылыахха сөп (эбии нүөмэрэ 7).

«Сыл саҕаланыаҕыттан биһиги сулууспабытыгар 288 СВО кыттыылааҕа уонна кини аймаҕа кэлэ сырытта. 154 киһи үлэнэн хааччылынна, ол иһигэр сайын саҕаланыаҕыттан 41 оҕо сайыҥҥы каникулун кэмигэр быстах үлэнэн хабылынна. Икки байыас предпринимательскай үлэни саҕалыырга харчынан өйөбүл ылла. Үөрэниигэ 64 киһи дуогабардаста», — диэтэ Николай Иванов.

42 үлэни биэрээччи СВО кыттыылааҕа уонна кини чугас дьоно уопсастыбаннай үлэнэн хааччылларын тэрийиигэ субсидия ылла.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА