24 От ыйа 24.07
  • 33°
  • $ 78,4
  • 89,44

Туундара туонатыгар тэллэй быкта

13:33, 24 июля
Хаартыска: Валерий Самойлов
Читайте нас на

Булуҥ улууһун киэҥ нэлэмэн туундаратыгар тэллэй быкта. Хоту дойду тэллэйэ ураты кэрэ, остуоруйаҕа көстөр, уруһуйга ойууланар курдук.

2009 сыллаахха Булуҥ улууһугар тиийбиппэр, тэллэйдии илдьэ бардылар. «Туундараҕа хатыҥ тэллэйэ элбэх», — диэтилэр.

Массыынанан тиийэн түстүбүт, хатыҥы көрдөөтүм. Онуоха аргыстарым: «Бу сыталлар дии», — диэтилэр. Онно билбитим сир кырыһынан сыыллан үүнэр хатыҥнары. Тэллэйэ бэйэтинээҕэр улахан уонна үрдүк.

Өссө биир интэриэһинэйэ — биир да үөн сиэбит тэллэйэ суоҕа.

Хаартыска: Валерий Самойлов

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА