РФ үлэҕэ министиэристибэтэ 2022 сылтан суррогатнай ийэ өҥөтүнэн туһанан оҕоломмут аҕаларга «маткапитал» биэрэр былааннаах. Маннык сокуон бырайыага Госдуумаҕа сыл бүтүөр диэри киирэрэ суруллар. Суумата 10,46 млрд солк, эһиилги бюджекка көрүллүбүт, ТАСС «Известия» хаһыакка сигэнэн суруйар.
Маннык көҕүлээһин «О дополнительных мерах государственной поддержки семей, имеющих детей» сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэриини кытта сибээстэниэҕэ. Ийэ хапытаалынан туһанааччы дьон категорията кэҥэтиллэр.
Биэдэмистибэҕэ эппиттэринэн, вице-премьер Татьяна Голикова сорудаҕынан оҥоһуллубут сокуон барыла бырабыыталыстыбаҕа балаҕан ыйын 29 күнүгэр киириэҕэ, оттон Госдуумаҕа — сыл бүтүөр диэри. Үбүлээһинэ федеральнайдааҕы бюджеттан тыырыллар.
Сиһилии https://ysia.ru/s-2022-goda-ottsy-detej-ot-surrogatnyh-materej-smogut-poluchat-matkapital/