Сургуулук нэһилиэгин Булгунньахтаах күөлүгэр икки күннээх муҥха тэрээһиннээхтик ыытылынна. Кыһыҥҥы бастыҥ тэрээһиҥҥэ оҕолуун-кырдьаҕастыын бары кытыннылар.
Муҥханы кырдьаҕас булчут Иван Иванов иилээн-саҕалаан ыытта. Бастакы күҥҥэ өбүгэлэр үгэстэрин сөргүтэр «Байанай» куруһуок оҕолоро муҥха албастарыгар үөрэннилэр, көрдүлэр-иһиттилэр.
Дьаһалта специалиһа Светлана Максимова:
— Сылын аайы нэһилиэгинэн муҥхалыыбыт. Олус дьоһуннаах тэрээһин. Дьон олус күүтэр. Эрдэттэн бэлэмнэнэбит. Маны сэргэ өссө сонуннаахпыт. Ол курдук, соторутааҕыта Көтөрдөөх-Сургуулук ыккардаларыгар сытар күөл хоруутугар нэһилиэк эр дьоно тиийэн муоста туттулар. Аныгыскы ыйга «VSAT» спутниковай интернет ситимэ киириэхтээҕин долгуйа күүтэбит. Ону сэргэ цифровой телевидение туруохтаах. Хас биирдии ыалга сайын туттуллар локальнай водопровод киирэрин туһугар күүскэ үлэлии сылдьабыт. Насоснай станция туруохтаах сирэ бэлэмнэниллибитэ, суол турда даҕаны үлэтэ саҕаланыахтаах.