21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Сунтаарга элбэх оҕолоох ыаллар атыттарга холобур буолаллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сунтаарга олус истиҥ тэрээһин буолла. «Оо, мин эмиэ элбэх оҕолонуохпун баҕардым! Тоҕо үчүгэйдэрэй!» — диэн көрөөччү саалатыттан саҥа-иҥэ иһиллэр. Ол курдук улуус элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрэ бэйэлэрин билиһиннэрэн, дьоҕурдарын көрдөрөн,  сатабылларын тарҕатан, төрүччүлэрин кэпсээн күрэс түһүлгэтигэр кытыннылар, дьон биһирэбилин ыллылар.

Күрэххэ биэс, алта, аҕыс, уон оҕолоох холобур буолар дьиэ кэргэттэр, барыта 6 ыал кыттыыны ылла. Киһи сөҕүөх, бииртэн биир кэрэ көстүү: таҥастара-саптара кэрэтэ, тыллара-өстөрө мааныта, үлэни-үөрэҕи өрө туппут көхтөөх ыаллар. Кинилэри көҕүлүүр сыаллаах тэрээһин олус сэргэхтик, тэрээһиннээхтик ыытылынна. 

Күрэс арыллыытыгар улуус баһылыга Анатолий Григорьев элбэх оҕолоох ийэлэргэ ийэ хапытаалын сэртипикээтин туттарда. Күрэх кыттыылаахтарыгар махтанан туран, үөрүүлээх быһыыга эҕэрдэтин тиэртэ. 

5 түһүмэхтээх истиҥ-иһирэх күрэх түмүгүнэн муҥутуур кыайыылаахтарынан Уһун Күөлтэн Варвара уонна Иван Тихоновтар дьиэ кэргэттэрэ буоллулар. Оттон иккис миэстэни Аллыҥа нэһилиэгиттэн 8 оҕолоох Осиповтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар. Үһүс миэстэҕэ Кэмпэндээйиттэн Герасимовтар таҕыстылар, суруйда @suntaar_ulus

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА