Сунтаар улууһугар «Эдэр профессионаллар» Бүтүн Арассыыйатааҕы чемпионат муниципальнай түһүмэҕэ ыытылынна.
Уон күн устата ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ 269 үөрэнээччи 29 хайысхаҕа 11 үөрэх дьиэлэринэн, тэрилтэлэринэн тарҕаһан кытыннылар диэн, Сунтаар улууһун телеграм-ханаала суруйар.
Барыта 91 эксперт, ол иһигэр үөрэхтээһин эйгэтиттэн педагогтар, инструктордар, уһуйааччылар, араас тэрилтэлэртэн, ветеринария салалтатыттан, түмэлтэн, Сунтаар технологическай коллеһыттан, баһаарынай чаастан салайааччылар, исписэлиистэр, ону тэҥэ араас дьыаланы тэринэн үлэлии олорор урбаанньыттар, норуот маастардара кэлэннэр эдэр кыттааччылар үлэлэрин сыаналаатылар.
Ордук элбэх оҕо «Спасательные работы», «Хаартыскаҕа туһэрии», «Маһынан уһаныы», «Коммуникабельность», «Эстетическая косметология», «Флористика», «Технология моды» хайысхаларыгар кытыннылар. Түмүккэ Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй, Н.М. Родионова аатынан Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин, Сунтаардааҕы гимназия кыттааччылара мэтээллэрин ахсааннарынан уонна хаачыстыбаларынан инники күөҥҥэ таҕыстылар. Тыа оскуолаларыттан Бордоҥ, Тойбохой, Күндэйэ, Кириэстээх, Кутана, Бүлүүчээн оскуолалара ордук актыыбнай кыттыыны ылбыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох.
«Спасательные работы», «Эстетическая косметология», » Кухня народов Севера и Арктики», «Предпринимательство» хайысхалар улууска маҥнайгытын ыытылыннылар, инникитин бу хайысхалары өссө сайыннаран, эбэн ыытыахпыт.
Ааспыт сылга ыытыллыбыт улуустааҕы күрэхтэһиигэ, 23 хайысхаҕа 191 оҕо күрэхтэспит эбит буоллаҕына, быйыл 29 хайысхаҕа кытыннылар.
Онон, бу чемпионатка интэриэс улаатан, оҕолор сатабыллара уонна дьоҕурдара сайдан, идэҕэ бэлэмнээһиҥҥэ үлэ кэҥээн иһэрэ бэлиэтэннэ. Бу хайысха көмөтүнэн оҕо талыан баҕарбыт инники идэтин дириҥник үөрэтэр уонна бэйэтин холонон көрөр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэх кулун тутар-муус устар ыйдарга ыытыллар, онон чөмпүйүөннэр сүүмэрдиир түһүмэххэ бэлэмнэниэхтэрэ.
Источник «Сунтарский улус» телеграм-ханаал