«Алмаас» стадиоҥҥа Сунтаар улууһун чэпчэки атлетикаҕа уонна хотугу многоборьеҕа I спартакиадата буолан ааста. Бу күрэхтэһии үбүлүөйдээх ХХ «Манчаары оонньууларыгар» Сунтаар сүүмэрдэммит хамаандатыгар спортсменнары талар сыаллаах-соруктаах ыытылынна.
Халлааммыт туран биэрбэккэ, ардаан-хаардаан спартакиада аһыллыыта, күрэхтэһиилэр сорох көрүҥнэрэ манеж иһигэр ыытылыннар. Бастакытын ыытыллар спартакиадаҕа улууспут биэс нэһилиэгин хамаандата баар: Бүлүүчээн, Тойбохой, Сунтаар, Устье, Маар Күөл.
Атах оонньуутугар дьахталларга Устье, эр дьоҥҥо Сунтаар, бэтэрээннэргэ Сунтаар, кыргыттарга Сунтаар, уолаттарга эмиэ Сунтаар хамаандалара бастаатылар. Онон атах оонньуутугар уопсай түмүгүнэн бастакы миэстэни эрэллээхтик Сунтаар нэһилиэгин хамаандата ылла. Устье хамаандата иккис, Бүлүүчээн хамаанда үһүс миэстэҕэ тигистилэр.
Хотугу многоборьеҕа кыргыттарга Сунтаар хамаандата, эр дьоҥҥо, дьахталларга, уолаттарга барытыгар Устье хамаандата бастаата. Уопсай көрдөрүүнэн Устье бастакы, Бүлүүчээн иккис, Тойбохой үһүс миэстэни ыллылар.
Сүүрүүгэ 100, 3000, 5000, 10000 миэтэрэ дистанцияларга хайалара быһый атахтааҕа быһаарылынна. Хамаанданан уопсай түмүгүнэн бүлүүчээннэр бастакы, устьелар иккис, тойбохойдор үһүс миэстэ буоллулар. Сүүрүүгэ хамаанда састааба туолбатах, биир эмэ дистанцияҕа сүүрэ тахсыбатах буоллаҕына, хамаандаҕа эбии ыстырааптыыр баал эбиллэн кэнники тэбиллэр. Атын даҕаны көрүҥнэргэ эмиэ оннук эбит.
XX «Манчаары оонньууларыгар» аналлаах Сунтаар улууһун чэпчэки атлетикаҕа уонна хотугу многоборьеҕа I спартакиадатын түмүгүнэн үгүс көрүҥҥэ үчүгэй көрдөрүүлээх, элбэх кыттааччыны туруорбут Устье хамаандата бастаата. Иккиһи ыраах сытар Бүлүүчээнтэн кэлбит хамаанда, үсүһү Сунтаар хамаандата ыллылар.