Бу күннэргэ Сунтаардааҕы В.Николаев аатынан норуот тыйаатыра Хабаровскайга устудьуоннар уонна норуодунай тыйаатырдар икки ардыларыгар ыытыллыбыт бэстибээлгэ кытынна. С.А.Зверев «Хара саһыл» испэктээги көрдөрөн, түөрт анал ааты ылла.
Сунтаардааҕы В.Николаев аатынан норуот тыйаатыра 19 буолан алтынньы 13 күнүгэр Дьокуускайдааҕы култуура колледжын устудьуоннарыгар «Хара саһыл» драманы көрдөрөллөр. Салгыы 17-с чыыһылаҕа Хабаровскайга тиийэн, бэстибээл иккис түһүмэҕэр кытталлар.
Бу туһунан тыйаатыр дириэктэрэ Екатерина Афанасьевна Григорьева иһитиннэрдэ:
— Маҥнайгы түһүмэҕэ кэтэхтэн буолбута, ол түмүгүнэн талыллыбыт тыйаатырдар бу Хабаровскайга ыҥырыллыбыппыт. Биһиги тыйаатырбыт артыыстара Сергей Зверев «Хара саһыл» драматын итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрбүттэрин, артыыстарбыт таҥастара-саптара ураты кэрэтин, олохтоох төрүт култуураны илдьэ сылдьарбытын дьүүллүүр сүбэ тоһоҕолоон, хайҕаан эттэ. Түмүккэ «Бастыҥ ансаамбыл», «Бастыҥ төрүт култуураны илдьэ сылдьар тыйаатыр» анал ат хаһаайыттара буоллубут. Ону тэҥэ «Бастыҥ режиссер үлэтэ» — Татьяна Заровняева уонна Мээккэ Удаҕан оруолун толорбут биһиги ытык кырдьаҕаспыт, киэн туттар киһибит 88 саастаах Мария Егорова-Тойуктаах Маарыйабытыгар «Бастыҥ дьахтар оруола» анал ааты туттардылар.
Сунтаардар бэстибээлгэ тиийэн, нуучча норуотугар саха дьонун киэн туттар киһитэ Сергей Зверев биир улахан айымньытын дьоһуннаахтык толордулар. Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр бу маҥнайгы сырыылара. Улуустааҕы Култуура управлениетын салайааччытыгар М.В.Кобельяноваҕа артыыстар махталлара улахан.
Ааптар: Юлия АЛЕКСЕЕВА, Сунтаар.