22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сунтаар кыыһа паралимпийскай оонньууга кыттыаҕа

17:03, 20 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Балаҕан ыйын 7-18 күннэригэр Рио-де-Жанейроҕа ыытыллар паралимпийскай оонньууларга Сунтаар улууһуттан Алёна Дмитриева кыттыаҕа.


Алёна спортивнай олоҕо былырыын ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи адаптивнай успуорт көрүҥнэрин спартакиадатыттан саҕаламмыта. Кини билигин Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Рио-де-Жанейро куоракка паралимпийскай оонньууларга кыттар чиэскэ тигистэ.

Улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар дьаһалта үлэһиттэрэ, тэрилтэ салайааччылара кыттыылаах сүбэ мунньах ыытылынна. Онно Аленаҕа көмө үп-харчы боппуруоһа көрүлүннэ. «Паралимпийскай оонньууларга биһиги улууспутуттан урукку өттүгэр кыттыбыт суоҕа. Аны туран, евро кууруһа үрдээбитин бары билэ-истэ олоробут. Онон, биир эмиэ киэн туттар чаҕылхай кыыспытыгар көмө-тирэх, өйөбүл буолуохха наада», — диэн улуус салалтата этии киллэрдэ.

Улууспут дьаһалтатын, бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрин биир күннээҕи хамнастастарын биэрэн,Сунтаар биир чаҕылхай ыччата ситиһиилээхтик кыттан кэлэригэр көмөлөһүөххэ диэн сүбэлэстилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА