Хой♈️
Олоххор уларыйыылар күүтэллэр, онно бэлэм буол. Өр кэтэспит ситиһииҥ кэлиэҕэ.
Оҕус♉️
Үлэҕэр болҕомтолоох буол. Наадалаах боппуруостар көтөҕүллүөхтэрэ. Аһаҕас кэпсэтиигэ бэлэм буол.
Игирэлэр♊️
Улахан бырайыактары олоххор киллэрэргэ табыгастаах кэм. Саҥа саҕалааһыннарга аһаҕас буол. Интуицияҕар эрэн.
Араак♋️
Үпкэ-харчыга болҕомтолоох буол. Туһата суохха харчыгын бараама.
Хахай♌️
Инникигин былаанныырга табыгастаах күн. Туруоруммут сыалгын хайдах ситиһэргэ өй-санаа киириэҕэ.
Кыыс♍️
Наадата суох түбүктэртэн өйгүн-санааҕын босхолоо, айарга-тутарга бириэмэҕин анаа. Бэйэҕин көрдөрөргө табыгастаах күн.
Ыйааһын♎️
Доруобуйаҕар болҕомтолоох буол. Үлэни уонна сынньалаҥы дьүөрэлии тут. Бэйэҕэр эрэ эрэн.
Скорпион♏️
Дьону кытта кэпсэтэргэ табыгастаах күн. Доҕоттору эбэтэр коллегалары кытта көрсүһүү интэриэһинэй идеяларга тиэрдиэҕэ. Саҥа билсиһиилэргэ аһаҕас буол.
Охчут♐️
Саҥа доҕордоһуу эбэтэр таптал күүтэр. Ис санааҥ туругар болҕомтолоох буол.
Чубуку♑️
Идеяларгын уонна баҕа санааларгын чугас дьоҥҥун кытта үллэстэргин куттаныма. Бүгүн тулалыыр дьоҥҥуттан үтүө бэлэх күүтэр.
Күрүлгэн♒️
Бүгүҥҥү кэпсэтиилэргэ аһаҕас буол. Солуута суохтан хомойума, хоргутума.
Балыктар♓️
Ис туруккар болҕомтолоох буол. Бүгүҥҥү күн сайдаргар туһалаах. Тугу санаабыккын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрт.
Аһаҕас источниктан ылылынна.