Х. Максимов аатынан сынньалаҥ киинэ уонна Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтата Россияҕа биллэриллибит Уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит сылын түмүктүүр “Бастыҥ уһуйааччы” күөн күрэс ыыталлар, суруйда Амма олоҕо хаһыат.
Алтынньы 14 күнүттэн саҕаламмыт күрэх 4 түһүмэхтээх. Бастакыта — бэйэни билиһиннэрии, иккис — “Талба талаан” сэтинньи 11 күнүгэр буолан ааста. Онтон ахсынньы 7 күнүгэр 3-с түһүмэх, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, Амма улууһугар Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу уонна культурнай нэһилиэстибэ сылларын чэрчитинэн “Мин нэһилиэкпэр саҥаны киллэрии” бырайыак көмүскээһинэ буолла. Манна 4 уһуйааччы кыттыыны ылла: Сулҕаччытааҕы “Чычып-чаап” оҕо уһуйаанын иитээччитэ Стручкова Роксана Михайловна “Киистэ кэпсээнэ” бырайыагынан, М.Н.Сибирияков аатынан Сэргэ-Бэс оскуолатын математика учуутала Иннокентьев Прокопий Николаевич “Чороон киирии бэлиэтэ” бырайыагынан, М.Н. Сибирияков аатынан Сэргэ Бэс оскуолатын уруһуй уонна технология учуутала Борисова Нюргустана Прокопьевна “Өрүс биэрэгэр былаһаакка” бырайыагынан уонна М.Н. Сибирияков аатынан Сэргэ-Бэс оскуолатын музыкаҕа учуутала Удина Мария Михайловна “Саха балаҕана” бырайыагынан.
Аны түмүктүүр 4-с түһүмэх хаалла. “Мин тоҕо уһуйааччы идэтин талбыппыный? тиэмэҕэ эссе суруйан, дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарыахтара.
Ааптар: Елена Попова.