22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Спортсменнар Горнай баһаардарын умулуннарыыга көмөлөһөллөр

13:01, 28 июля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн от ыйын 28 күнүгэр Горнай улууһун баһаардарыгар физкультура уонна спорт тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, спортсменнар — барыта 110 киһи көмөҕө турунна. Бу туһунан СИАҕа министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


«Спортсменнар уустук кэмҥэ туора турбаттар, баҕа өттүнэн үлэлиир, кыһалҕаны быһаарсар баҕалаахтар», — диир миниистири солбуйааччы Леонид Спиридонов.

Бу иннинэ 50 спортсмен Сунтаар, Нам, Горнай улуустарын баһаардарыгар кыттыыны ылбыттар.

Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 126 баһаар 1,36 мөл га иэннээх сиргэ умайар. 48 баһаары умулуннараллар. Баһаарга уопсайа 1811 киһи, 249 тиэхиникэ үлэлиир. Ураты болҕомтоҕо Горнай улууһун Өрт, Күөрэлээх нэһилиэктэрин, Кэбээйигэ Сииттэ, Үөһээ Бүлүү Кырыкыйын баһаардара сылдьаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА