Саха сирин Спордун министиэристибэтин салайар тэрилтэлэрэ Амма улууһун олохтоохторугар халаан содулун туоратыыга көмөлөстүлэр. Хомуллубут биригээдэни олимпийскай эрэл училищетын дириэктэрэ Алексей Филиппов салайда.
“Уопсайа 24 киһи үлэлээтэ. Уу аҕалбыт бөҕүн-сыыһын ыраастаатыбыт. Тиэргэн иһинээҕи тутуулары чөлүгэр түһэрдибит”, — диэтэ СИА-ҕа Алексей Филиппов.
Маны тэҥэ министиэристибэ үлэһиттэрэ материальнай көмөнү хомуйдулар.
Дьулустаан Сергеев.