Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Баһаардары умулуннарыыга хорсунун иһин» мэтээлинэн ОДьКХ Горнай улууһун Бэс Күөлэ нэһилиэгинээҕи учаастагын маастарын Спиридон Яковлевы наҕараадалаата. Спиридон Яковлев атырдьах ыйын 7 күнүгэр нэһилиэккэ киирбит ойуур уотуттан соҕотоҕун хочуолунайы быыһаабыта.
Спиридон мэтээлинэн наҕараадаламмытын күнүгэр эрэ билбит. Наҕараадатын тута илик.
«Баһаартан олорор, үлэлиир сирбин көмүскүүр — ытык иэһим дии саныыбын. Улууспутугар уот бастаан туруоҕуттан баҕа өттүбүнэн умулуннарыыга сылдьыбытым. Атырдьах ыйын 7 күнүгэр үөһэнэн умайар уот минерализованнай балаһаны нөҥүөлээн, нэһилиэккэ суоһаабытыгар атын доброволецтары кытары уоту умулуннара сүүрбүппүт. Уот хочуолунайга чугаһаабытыгар туох баар сырабын кыым оттуктаах резервуарга ыстамматыгар уурбутум. Инструкция быһыытынан үлэлээбитим. Миэхэ көмөлөспүт Егор Павловка махтанабын. Мин оннубар ким баҕарар маннык дьаһаныа этэ дии саныыбын», — диир Спиридон Яковлев.
Санатабыт, атырдьах ыйын 7 күнүгэр Горнай улууһун Бэс Күөлэ нэһилиэгэр турбут ойуур баһаара «Кэскил» түөлбэ дьиэлэрин, хаһаайыстыбаннай тутууларын былдьаабыта. Ити күн ОДьКХ производственнай учаастагын маастара соҕотоҕун нэһилиэк хочуолунайын уоттан быыһаабыта.