Саҥа киллэриллэр сокуоҥҥа уларыйыыларынан, урбаанынан дьарыктанааччылар сорох көрүҥнэригэр кыччатыллыбыт ыстаапкалар олохтоноллор, суруйар Саха сирэ саайт.
Түһээҥҥэ чэпчэтиилэр маннык хайысхаҕа үлэлиир урбаанньыттарга көрүллүөхтэрэ: култуура уонна сынньалаҥ пааркаларыгар, успуорт, тобоҕу хомуйуу уонна суох оҥоруу эйгэтигэр, бэчээттээн, видеолары, киинэлэри оҥорон таһаарар үлэлэргэ, оскуола иннинээҕи үөрэхтэргэ, о.д.а. чэпчэтиилэр киирдилэр.
Бу ыйыллыбыт сокуон барылынан быйылгы дохуокка түһээн 6,7%-наах ыстаапката үлэлиэҕэ. 2025 сылга — 7,8%, 2026 сылга Саха сирин бары муниципальнай тэриллиилэригэр — 8,9% диэри үрдүөҕэ.
Маны таһынан сокуон барылынан 2024 сылга — 2,7 %, 2025 сылга — 3,8 %, 2026 сылга — 4,9 % Дьокуускай, Мииринэй, Нерюнгри, Алдан, Ленскэй куоракка тэрилтэлэригэр нолуок ыстаапката олохтонор. Атын муниципальнай тэриллиилэргэ 2024 сылга — 2,7%, 2025 сылга — 3,1%, 2026 сылга — 3,5%, кээмэйдээх нолуок ыстаапката үлэлиэҕэ.