25 Сэтинньи 25.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону үлэҕэ ылыы бэрээдэгэ судургутуйда

Хаартыска: Семен Жендринскэй, "Саҥа олох" хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай куорат борокуратуурата иһитиннэрэринэн, 2023 сыл бэс ыйын 13 күнүнээҕи 259-ФЗ №-дээх бэдэрээлинэй сокуонунан 14-тэн 18-гар диэри саастаах оҕолору үлэҕэ ылыы бэрээдэгэр уларыйыы киирдэ.

Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону үлэҕэ ылыыга мантан антах эпиэкэ уорганыттан сөбүлэҥ оннугар биир төрөппүт эбэтэр бэпэчиитэл суругунан сөбүлэҥэ ирдэниллэр буолар.

Ол эрээри тулаайах, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕоҕо эпиэкэ салаатыттан эбэтэр оҕо атын сокуоннай бэрэстэбиитэлиттэн суругунан сөбүлэҥ син биир ирдэнэр.

Семен Жендринскэй, Чурапчы, «Саҥа олох» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА