23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Склифосовскай институтугар коронавируһу эмтиир саҥа ньыманы чинчийэллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Москватааҕы доруобуйа харыстабылын депатаменын Н.В. Склифосовскай аатынан научнай-чинчийэр институт суһал көмө баазатыгар коронавируһу эмтиир саҥа ньыманы чинчийэллэр. Гелийы туттууга олоҕураллар, диэн суруйар «Российская газета».


Наука үлэһиттэрэ оҥоро сылдьар технологияларын эксперимент быһыытынан көрдөрөллөр. Терапия анал аппарат көмөтүнэн ыытыллар. Быһа барыллаан маннык үлэлиэхтээх: пациент 92 кыраадыска диэри сылытыллыбат гелий оксидынан 15 мүнүүтэ тыыныахтаах. Оччоҕуна тыынара чэпчиэхтээх, салгын оонньуура ырааһыахтаах, хам тутуута намырыахтаах. Маннык температураҕа вирус активноһа намтыан сөп. Ыарыһах улахан температураттан дискомфорт буолбат: саунаҕа киирэн тахсыыны кытта тэҥниэххэ сөп.

Чинчийии 10 дойдуга интэриэһи үөскэттэ: АХШ, Франция уонна Европа дойдулара.

Склиф өссө COVID-19 ыалдьыбыт дьону эмтээһиҥҥэ кыттар.

Сиһилии манна аах: https://ysia.ru/v-nii-sklifosovskogo-ispytyvayut-novuyu-metodiku-lecheniya-koronavirusa/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА