«Өрөбүллэргэ температура «маятнига» төттөрү барыаҕа, эмискэ тымныйыаҕа. Өрөбүл күн Дьокуускайга туман, күнүс -38…-40 кыраадыс», — диэтэ Саргылана Никитина.
Эксперт эппитинэн, эмискэ тымныйыы Саха сирин хотугулуу-арҕаа өттүттэн саҕаланыаҕа, манна салгын температурата 10-15 кыраадыс түһүөҕэ. Салгыы арҕаа улуустарга тарҕаныа, соҕуруулуу-арҕаа, киин оройуоттарга өрөбүллэргэ тымныйыаҕа.
Саха сирин кыһына туох буолла, ирбэт тоҥҥо хайдах дьайыаҕай, ол туһунан манна ааҕыҥ.