Сибиир федеральнай уокуругун спортсмена Даниил Марков “Азия оҕолоро” Оонньууларга харбааһыҥҥа алта кыһыл көмүс мэтээли ылла. Бу ситиһии — улахан спортка бигэ хардыы. Ити туһунан кини СИА-ҕа эттэ.
«Мин үрдүк таһымнаах Оонньууга кыайар эрэ санаалаах кэлбитим. Ыам ыйыгар Россияҕа бастыыр иһин элбэх күрэхтэһиилэргэ араас мэтээли ылбытым. Ол да иһин, кыайыыга улахан эрэллээх этим», — диир Даниил Марков.
Уол харбааһынынан аҕыс сыл кэриэтэ дьарыктанар.
«Күрэхтэһэр усулуобуйаны олус сөбүлээтим, ордук «Чолбон» бассейыны», —диэтэ Марков.
Күрэхтэһии үс күнүгэр сибиирдэр тута инники кирбиигэ тахсыбыттара. Холобур, Новосибирскай уола Иван Дубинин икки эстафетаны кыайан, урукку көрэхтэһиигэ ситиспит көрдөрүүтүн биллэ тупсарда.