Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, сэтинньи 28 күнүн Бэлиэ күннэрэ: Албания — Тутулуга суох буолуу күнэ[1] (1912); сороҕор Былаах күнэ дииллэр[1]. Илин Тимор — Тутулуга суох буолуу күнэ (1975). Мауритания — Тутулуга суох буолуу күнэ (1960)[2]. Панаама — Тутулуга суох буолуу күнэ (1821)[3]. 1946 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ «Ньурбаҕа нефтебаза тэрийэр туһунан» уураах ылыммыт. Оттон Турцияҕа дойдуну биир гына тюрбаннары уонна фескалары бобуу утары бырачыастар ааспыттар. Сиһилии аах.
Түбэлтэлэр
- 1893 — Саҥа Зеландияҕа аан дойдуга бастакынан дьахталлар бүтүн дойдутааҕы быыбарга кыттыбыттар.
- 1908 — Арассыыйаҕа Амур өрүһүнээҕи флотилия тэриллибит.
- 1925 — Турцияҕа «Бэргэһэ сокуона» олоххо киирбит, уруккулуу тюрбан уонна феска кэтиитэ бобуллубут, бары арҕааҥылыы сэлээппэ кэтиэхтээх буолбуттар. Ататүрк реформаларыттан «бэргэһэ сокуона» саамай улахан утарсыыны көрсүбүт. Дойдуну биир гына тюрбаннары уонна фескалары бобуу утары бырачыастар ааспыттар. Ону хам баттаары оннооҕор биир куораты крейсертэн ытыалаабыттар. Сокуон 2014 сыллаахха биирдэ көтүрүллүбүтэ.
- 1943 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүгэ биллибитин кэннэ Тегераннааҕы конференция саҕаламмыт. ССРС басхана Иосиф Сталин, АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Делано Рузвельт уонна Улуу Британия премьер-миниистирэ Уинстон Черчилль Ираан киин куоратыгар Тегераҥҥа бастакытын көрсүбүттэр уонна сэрии стратегиятын туһунан сүбэлэспиттэр.
- 1946 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ «Ньурбаҕа нефтебаза тэрийэр туһунан» уураах ылыммыт.
- 2001 — Дьокуускайга быыбар айдаана. Бэрэсидьиэҥҥэ турбут хандьыдааттарга үлэлиир Москубаттан сылдьар пиарщиктары борукуратуура доппуруостуур.
- 2006 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Вячеслав Штырову салгыы иккис болдьоҕор өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнинэн аныырга Ил Түмэҥҥэ этии киллэрбит.
Төрөөбүттэр
- 1820 — Фридрих Энгельс — ньиэмэс бөлүһүөгэ, коммунизм идеологиятын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- 1914 — Марк Слепцов (16.06.1989 өлб.) — Саха АССР норуодунай артыыһа (1955), РСФСР норуодунай артыыһа (1972).
- 1915 — Анна Егорова — саха биллиилээх ырыаһыта, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссера, Саха АССР норуодунай артыыһа (1957), РСФСР норуодунай артыыһа (1958), Таатта улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1951 — Андрей Борисов — ил уонна култуура диэйэтэлэ, режиссер. 1990-2014 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна айылгы сайдыытын миниистирэ, 1990-2010 сылларга П. A. Ойуунскай аатынан Академическай Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта, Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччитэ, 1988-1991 сылларга ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата. Российскай Федерация норуодунай артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2011).
Өлбүттэр
- 1694 — Матсуо Басө — Дьоппуон Эдо периодын бастыҥ биллиилээх бэйиэтэ, кылгас уонна ырылхай хайку ууhа.
- 1954 — Энрико Ферми — бастакы атомнай реакторга үлэлээбит уонна квантовай физикаҕа улахан сайдыыны оҥорбут Италия физигэ. Нобель бириэмийэтин лауреата.