Саха сиригэр 26 выпускник биир кэлим эксээмэни (БКЭ) 100 баалга туттарда. Чурапчы улууһа эксээмэҥҥэ үрдүк баалы ылбыт выпускниктар ахсааннарынан иккис миэстэҕэ сылдьар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперёд!» биэриигэ иһитиннэрдэ.
«Быйыл биһиэхэ номнуо 26 оҕо сүүс бааллаах, уонна бу бүтэһиктээх сыыппара буолбатах. Тэҥнээн көрдөххө, былырыын 17 этэ, бу улахан сайдыыны көрдөрөр. Сүүс бааллаахтарбыт Дьокуускай эрэ куоракка буолбакка, улуустарга эмиэ бааллар. Быйыл аан бастаан Чурапчы улууһа иккис миэстэҕэ таҕыста — кинилэргэ үс сүүс бааллаах оҕо баар. Урукку сылларга иккис миэстэни Мииринэй уонна Нерюнгри улуустара ылаллара. Бу Чурапчы улууһугар үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга ыытыллар үлэ улахан түмүктэри аҕаларын көрдөрөр. Тыа сиригэр да үрдүк көрдөрүүнү ситиһиэххэ сөп», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Саха сирэ үс сыл иһигэр дойду үрдүнэн үөрэх хаачыстыбатынан 21-с миэстэҕэ таҕыста, бу бары эрэгийиэннэр ортолоругар саамай түргэн сайдыы буолар.
«Үс сыллааҕыта биһиги 70-с миэстэҕэ сылдьыбыппыт, өрө тахсыы улахан — 49 үктэл. Бу дойду үрдүнэн бары эрэгийиэннэр ортолоругар саамай түргэн сайдыы. Мин санаабар, бу үөрэххэ сыһыаны уларытыы систиэмэлээх үлэтин түмүгэр ситиһилиннэ. Бу эйгэҕэ улахан үлэ барар, ол ардыгар көстүбэт да буоллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин педагогическай уопсастыбата олус сыаллаахтык үлэлиир, оттон түмүктэр, өссө төгүл бэлиэтиибин, бааллар», — диэн Николаев эбэн эттэ.



