17 От ыйа 17.07
  • 21°
  • $ 78,32
  • 89,33

Саха сиригэр субуотаҕа ардах түһэрэ күүтүллэр

16:27, 17 июля
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа, хотугулуу-илин өттүгэр ардах түһүөҕэ. Алдан, Өлүөхүмэ, Үөһээ Дьааҥы, Эбээн-Бытантай улуустарыгар, сорох сирдэринэн Томпоҕо — күүстээх ардах. Киин, арҕаа, Өлүөнэ аллараа сүнньүгэр быстах ардах, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһүөҕэ.

Күнүскү кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ киинигэр +23…+28 диэри сылыйыаҕа, ардахха +16…+21 буолуоҕа. Хотугу улуустарга +11…+16 кыраадыс күүтүллэр.

Дьокуускай куоракка субуотаҕа халлаан туруга уларыйа сылдьыаҕа. Түүн үксүн ардаҕа суох, салгын температурата +15…+17 кыраадыс. Күнүс быстах ардах түһүөн, этиҥнээх буолуон сөп. Салгын +23…+25 диэри сылыйыаҕа. Тыал соҕуруулуу-илинтэн, 4–9 м/с, этиҥ кэмигэр 9–14 м/с диэри күүһүрүөн сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова