22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сергей Винокуров: Олоҥхо ыһыаҕа Бүлүү сиригэр буоларынан киэн туттабыт

09:53, 29 июня 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олоҥхо Ыһыаҕа Бүлүү улууһугар култуура эйгэтин эрэ буолбакка, оройуон инфраструктуратын эмиэ сайыннарар. Ол туһунан СИА-ҕа муниципалитет аҕа баһылыга Сергей Винокуров эттэ. 


«Ханна баҕарар Олоҥхо Ыһыаҕын кэнниттэн  олохтоох дьон норуот эпоһыгар олох атыннык сыһыаннаһар буолаллар. Тулалыыр эйгэни уратытык ылыналлар. Онон быйылгы биһиэхэ ыытыллар национальнай бырааһынньык биһиги улууспутугар эмиэ үтүө өрүттэри арыйарыгар эрэллээхпит. Өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһини ыыта сылдьарбытыттан үөрэбит«, — диэтэ Сергей Винокуров.

Кини этэринэн, Олоҥхо Ыһыаҕа култуурунай уонна материальнай баайы хаалларар: «Бырааһынньыкка анаан оройуоҥҥа 22 объект тутулунна, хас биирдиитэ ураты тутуу. Аал Луук Маһы, туос ураһаны, маастардар түһүлгэлэрин уонна да атын оҥоһуулары ыалдьыттар биһирээтилэр«.

Санатар эбит буоллахха, Бүлүүгэ  XI-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕа буола турар. Бырааһынньык өрөгөйдөөх арыллыытын, алгыс сиэрин-туомун, кымыс иһиитин уонна оһуохайы биир дойдулаахтарбыт эрэ буолбакка, Норуоттар икки ардыларынааҕы космос станциятын экипаһа кытта кэтээн көрөр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА