Сарсыҥҥыттан, алтынньы 18 күнүттэн, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан сылдьар паром тарыыба үрдүөҕэ. Бу туһунан СИА-ҕа «Саха сирин паромнара» хампаанньа дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрдэ.
«Паромнар быһа холоон алтынньы бүтүөр диэри үлэлиэхтэрэ», — диир Николай Ефимов.
Күн-дьыл туругуттан көрөн, өрүскэ паромнар ахсааннарын сыыйа аҕыйатыахтара. Быраактыка көрдөрөрүнэн, алтынньы бүтүүтэ түөрт паром устар эбит. Онтон бу паромнар сэтинньи саҕаланыыта ледокол көмөтүнэн устуохтара.