Сүүрүүк Сардаана Трофимова 42 км. уһуннаах «Европа-Азия» норуоттар икки ардыларынааҕы марафоҥҥа кыайда. Бириис быһыытынан «Skoda-Rapid» массыынаны уонна Россия Кубогын ылла. Күрэхтэһии Екатеринбург куоракка атырдьах ыйын 7 күнүгэр буолан ааста.
Сардаана Трофимова былырыын Россия спорстменнарыттан бастыҥ кирбиини ситиспитэ. Ол курдук, Франкфуртскай марафоҥҥа төрдүс миэстэни, оттон муус устарга Россия Кубогын уонна Рио Олимпиадатыгар кыттар быраабы ылбыта. Ол эрээри, кинини Россия атын спортсменнарын кытта Олимпиадаҕа киирсэрин боппуттара.
Норуоттар икки ардыларынааҕы «Европа-Азия» суол 3, 10, 21, 42 км. араарыллыбыта. Саха сирин сүүрүүгэ 42,195 км 2 чаас 34 мүн. иһигэр кэлэн дьахталларга бастаата. Маннык уһуҥҥа сүүрбүт икки эр киһиттэн 7 мүнүүтэнэн хаалла.
«Сүүрүү чэпчэкитэ суох этэ, ол эрээри көрдөрүүбүттэн үөрэбин. Тренербэр Татьяна Жирковаҕа, үрдүкү мастарыстыбыа оскуолатыгар, доҕотторбор, чугас дьоммор, Сахам сиригэр махтанабын! Кинилэрэ суох бу кыайыы кэлиэ суох этэ. Токиоҕа ыытыллар аныгыскы Олимпиадаҕа бэлэмнэнэбин», — диэн СИА-ҕа Сардаана Трофимова эттэ.
Лондон Олимпиадатыгар үһүс миэстэни ылбыт Татьяна Архипованы уонна Россия сүүмэрдэммит урукку хамаандатын чилиэнин Татьяна Арясованы кэннигэр хааллартаата. Кини норуоттар икки ардыларынааҕы үрдүк таһымнаах күрэхтэһииттэн дойдутугар кыһыл көмүс мэтээллээх кэлиэҕэ.